Главная » Отзывы об учереждении | [ Добавить запись ] |
0
Сунтаар улууһугар саҥа саҕалааһынМультимедийнай музей аһыллыбытынан эҕэрдэ буоллун. Саҥа сүүрээн биһиги эрэ
улуус дьонугар-сэргэтигэр буолбакка республика кытта туһаныа диэн бүк эрэллээхпит. Инникитин өссө сайдан, кэҥээн истин. С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан холбоһуктаах түмэл. |
0
Бүгүн дириҥ суолталаах Кыайыыныуруйдаабыт дьону сырдатар, үйэтитэр виртуальнай түмэл арыллан улахан суолталаах
түгэн үүннэ! Киһи үөрэр кэрэхсиир, киэн туттар. Өссө да ситиһиилэри. М.В.Кобельянова, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатынначальнига |
0
Бүгүн аһара үөрүүлээх күн буолла. Оҕо дьоҕурунсайыннарар киин үлэһит, эйэлээх коллектива Сунтаарбыт улууһугар Кыайыы 75 сылынан
улахан бэлэх оҥордо. Сүгүрүйүү, үйэтитии сылынан биһиги улууспут Аҕа дойду Улуу сэриитин буойуттарын үйэтиттилэр. Мультимедийнай музей сүрэхтэннэ. Улахан үлэ барбыт. Улахан махтал! Үлэҕит куруук ситиһиилээх буоллун! Г.М.Еремеев, Сунтаарулууһа МТ баһылыгын социальнай уонна имиджевай политикаҕа солбуйааччыта |
0
Мин кытта биир билиэппэр бэйэ оҥоһугун мыылатын сүүйэн астынным,мин биир бэйэм олус диэн астынным,дуоһуйууну,умнуллубат түгэни,тосхойбут дьолу биллим. Онон ,,Третье поколение,, диэн Людмила Николаевна бырайыагар,,Кыбытык кистэлэҥнэригэр үөрэппитигэр барҕа махтал,инникитин доруобуйатын көрүнэн,кырачаан кыргыттарын үөрэттин, кэрэҕэ угуйан,доруобуйаны,сирдээҕи дьолу,кыыһыҥ,сиэниҥ,чугас уруу-аймах дьонноруҥ,эрэллээх дьүөгэлэриҥ,тапталларынан арчыланан, арыалланан уһун үйэлэн,тапталы,санаабыт санааҥ ситиһиилэнэн сиэтиһэ сырыттын,толкуйдаабыт толкуйуҥ тобуллан табыллыы таскыттан тэйбэтин,үтүө эрэ үмүөрүстүн,кэрэ эрэ кэккэлэстин,ыарыы ыалласпатын диэн баҕа санаабын суруйабын, күндү Людмила Николаевна.
Розалия Георгиевна Уарова, "Үһүс көлүөнэ оскуолатын" үөрэнээччитэ |
0
Сүүрбэччэ киһини, уон оҕону кытыннаран,үрдүк сыанаттан,бэйэлээх бэйэбит илиибитинэн тикпит кыбытык олбохпутун тутан үҥкүү хамсаныыларын көрдөрдүбүт. Мин олохпор биир чаҕылҕай түгэн. Үҥкүүлүүр хамсаныыларбытын убаастабыллаах Лидия Семеновна, холку, нарын куолаһынан саҥаран үөрэтэлээтэ,сыанаҕа тахсыбатах да кэрэ аҥаар баар буолуо,ол да буоллар,бары долгуйан туран сыанаҕа,үҥкүүбүт хамсаныытын оҥордубут,үлэбитин көрдөрдүбүт,заала иһэ ытыс таһыныытынан,өрөгөйдөөх үөрүү саҥатынан,ытыс тыаһын хабыллыытынан Людмила Николаевнабытын эҕэрдэлээтилэр. Ол кэнниттэн үлэһиттэрин ырыатынан Тамара Николаевна Сиэн Тиитэп ,,Сунтаар,, диэн ырыатынан чаҕылҕайдык түмүктэннэ. Ол кэннэ бэйэлэрин илиилэрин сылааһынан тикпит,айбыт үлэлэринэн латарыайа оонньоттулар,үөрүү-көтүү,махтайыы буолла.
|
0
Түмүк тылга Надежда Михайловна өрөгөйдөөх 75 сааһын туолбут,эчи куолаһа эрчимин,саҥата чуолкайын,чахчы пионерга ананан,айдаран кэлбит,үлэлээбит эбит. Фуршета да ураты,бииргэ үлэлиир кыргыттара, уолаттара кыһаллыбыттара өтө көстөр. Ураты киэргэммит,кэрэни тарҕата сылдьаллара итинтэн көстөр. Кэнсиэрдэрэ наһаа,наһаа үчүгэээй,астык,кырачаан оҕолор талааннарын, хомусчуттарын, ырыаһыттарын. Муода тыйаатырын оҕолорун көрдөрбүт муодалара оһуобай үчүгэй дии. Кыбытык тигии наһаа да киэргэтэр эбит,оскуолабыт оҕолоро маннык таҥналлара буоллар,наһаа үчүгэй буолуо этэ. Биһиги күндү уһуйааччыбыт кыбытык кистэлэҥнэригэр үөрэппит Людмила Николаевнаҕа барҕа махтал тылларын суруйабын. Наһаа элбэх икки түһүмэх тухары Сунтаар кэрэ аҥаардара, биир күүстээх аҥаар Ефим үөрэннибит.
|
0
Олус диэн үчүгэй тэрээһин буолла.
Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин кэлэктиибигэр айар куттаах дьон үлэлиирэ биллэр эбит. Салайааччыгыт Надежда Михайловна тэрийбит пионердар дьиэтин икки киһиттэн саҕалаан, саҥа дьиэ туттаран, билигин биир иллээх, дьоһуннаах, элбэх кэрэни, үтүөнү, сырдыгы, билиини тарҕатар улахан кэлэктиипкэ тиийэ үүммүттэр. Бу Надежда Михайловна үлэтин түмүгэ билиҥҥи эдэр салайааччытыгар Ангелина Владимировнаҕа туттардаҕа. Надежда Михайловналарын хайдах курдук үрдүктүк сыаналаатылар, улуус үрдүнэн, эчи үчүгэйин, киһи ойон туран, пионер сылбытын санаан, ойон туран,чиэс биэрэн,,Мэлдьи бэлэммин,,Всегда готова,,диэн турукка киирэ сырыттым. Олуһун да өрө күүрүүлээхтик,астыктык чиэстээтилэр. |
9.
Родители
(22.05.2017 10:57)
+1
Мы, 14 учащихся Сунтарской СОШ№1 6 «б» класса, родитель Агафья Федоровна,
педагог-организатор Лидочен Г.Н., общественник-эколог Сунтарского улуса сходили на рыбалку, в лесной мостик, который в народе называется «Леснушка». Жаль,что рыбы не «ловилась», но мы славно отдохнули. Попили горячий чай- костровой.Мы все принесли оладьи, печенья,чай, соки, конфеты. Видели как растут подснежники, никто из детей не рвал эту красоту, ведь мы юные экологи. Смешно вспоминать, но мы поехали на авто-Ниве,некоторые пешком и на рейсовом втобусе.Почти все черви принесли обратно. Жаль что без рыбы пришли, но мы рады , т.к. пообщались родной природой. Учащихся 6 «б» класса, родители. Когда уже в поход, и куда? |
ЦДТ yлэhиттэригэр улахан махтал Будищев Айыллаан ийэтин, эбээлэрин ааттарыттан.
О5ом олус астыммыт, дуоhуйбут.Билиитэ кэнээбит. eссe да yрдyк ситиhиилэри, тус олоххутугар дьолу! Гульнара Будищева, тeрeппyт. «Лидер и его команда» улуустаа5ы конкурс 19.05.2017с. Ответ: Спасибо большое.
|
Сунтаардаа5ы о5о дьо5урун сайыннарар киин улэhиттэригэр, о5олоругар, Бордон
нэhилиэгэр кэлэн ыалдьыттаан, олус yчyгэй концеры уонна киинэни кердерен барбыккытын иhин улахан махтал буолуохтун! Ба5арыам этэ эhиэхэ yлэ5итигэр улахан ситиhиилэри, дьолу-соргуну, санаабыккыт барыта туолан истин! Бордон орто оскуолатын директору иитэр улэ5э солбуйааччыта Федоров С.С. 13.05.2017 с. |
«Радуга Севера» улууска ыытыллыбыт быыстапка тэрээhинэ, сыала –соруга ситэн
yчyгэй тyмeктэрдээх ааста. -Кэлэр eттугэр номинациялар ессе чуолкайданан, саха ииhин сана керуннэрин киллэрэн биэрэр ордук этэ. -О5олорго тэрээhин наада: оонньууллар , курэхтэр уо.д.а. -Курс ыытыллыбыта улахан туЬалаах. Уолаттарга эмиэ баара буоллар. -Буолар сирэ- киэн-куон сир наада эбит. 21.03.2017г. Федорова В.В. с.Тойбохой |
БиЬиги бу «Радуга Севера» быыстапка5а олус элбэх улэлэр баалллар. БиЬиги Кµµкэйтэн 22 оyоhугу а5аллыбыт. Кыттааччыларга ситиhиини ба5арабыт.
Э5эрдэни кытта : Кyyкэй орто оскуолатын yeрэнээччилэрэ Андреева Олеся,Александрова Сардаана, руководителлэр Евсеева Розалия Дмитриевна,Евсеев Аркадий Петрович. 21.03.2017с. |
БиЬиги бу «Радуга Севера» быыстапка5а 5-с сылын кыттабыт. Одус диэн учугэй тэрээЬиннээх диэххэ наада. Бу бугун биЬиги 3-с миэстэ буоллубут, олус диэн уэрдубут. Ессе да инникитин бу быыстапка буола турарыгар ба5арабын.
Э5эрдэни кытта 2-с номердаах оскуола о5олоро Саввинов Саша, Григорьев Алеша, Федоров Коля уонна руководитель Федоров Б.Н. 21.03.2017с. |
Махтал, бэ5эЬээ «Акция добра» сырыттыбыт. НаЬаа учугэй, аны итини улаатыннаран «Мир добрых людей» Сунтаар нэЬилиэгэр итинник акция оноруоххуту сеп кулуупка. Туелбэлэри сомо5олоЬон улэлиэххитин сеп курдук санаатым. Итинниу сыл аайы элбэтэн иЬиэххитин, бэркэ толкуйдаабыккыт.
Наталья Софронова , «Партизан» ТОС туэлбэ. 23.12.2016г. |