Главная » 2022 » Октябрь » 24 » АйТи-кииҥҥэ көрсүһүү
11:42
АйТи-кииҥҥэ көрсүһүү

Бу күннэргэ «Юные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин саҥа анаммыт директора Ирина Васильевна Черкашина уонна Сунтаар улууһугар куратор Светлана Кимовна Игнатьева дьыалабыай сырыынан кэлэн бардылар. Ыалдьыттары улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын начальнигын солбуйааччы Е.Д. Васильева, иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын сэбиэдиссэйэ А.А.Васильева арыаллаатылар. АйТи-кииҥҥэ көрсүһүү кыттыылаахтарын алаадьылаах быырпаҕынан айах тутан сахалыы хомус тыаһынан Т.Н.Спиридонова айхаллыы көрүстэ. Директор А.В.Антонова тэрилтэ педагогическай коллетивын, методическай үлэ быыстапкатын билиһиннэрдэ, онтон директоры иитии-үөрэтии чааһыгар солбуйааччы Л.И.Григорьева эбии үөрэхтээһин бырагырааммаларын, Россиятааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыактарга кыттыыны, тэрилтэ статистическай көрдөрүүлэрин кэпсээтэ. Педагогтар Петр Егоров технологическай урбаан, туристическай кыраайы үөрэтии хайысхаҕа автотур туһунан, архитектурнай хакатон, «Күнчээн” бырайыактары – Андриан Максимов, СЦДТ сайтын, “Учууталга махталыҥ кини аатын  үйэтитии” аахсыйанан Саха Википедияны – Руслан Иванов, онтон  Людмила Колодезникова улуустааҕы кылаас кэллэктиптэрэ кыттыылаах «Мин сахалыы таҥаһым” бырайыагы билиһиннэрдилэр. СЦДТ инники күөҥҥэ тутар, киэн туттар бырайыактарын – “Наследники Победы”, “Дорога длиною в век”, информационнай база, “Вахта памяти” Галина Лидочен, Надежда Потапова кэпсээбиттэрин  ыалдьыттар олус сэргээтилэр. ИТ-киин саҥа кабинетын үлэтин, мобильнай сыһыарыы туһунан Петр Николаев, улуустааҕы оҕо хамсааһынын уонна оҕо сайыҥҥы сынньылаҥын тэрийии туһунан Айна Яковлева кылгастык сэһэргээтилэр.

   

Түмүккэ педколлектив санаатын истэн баран  Ирина Васильевна Черкашина  Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэтин хайҕаата, биир кэлим систиэмэлээх үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ, инники өттүгэр бииргэ үлэлииргэ ситиһиилэри баҕарда.

Айна Яковлева. 

Просмотров: 177 | Добавил: Administrator | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]