Главная » 2019 » Август » 21 » "Архитектурное наследие родного края"
12:41
"Архитектурное наследие родного края"

 

Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин (сал.Антонова А.В.) иһинэн тэриллибит сайыҥҥы оҕо лааҕыра "Архитектурное наследие родного края" диэн республиканскай таһымнаах бырайыак Максимов А. Е. уонна Данилова Л. А. үлэһиттэрдээх Кириэстээх нэһилиэгэр саҕалаата. Хас биирдии нэһилиэккэ баай, историческай сүдү суолталаах тутуулар, биллэр-көстөр дьон олорон ааспыт дьиэлэрэ-уоттара  уо.д.а. тутуулар бааллар. Ол сиэринэн, сииккэ симэлийбэтин, тыалга суураллыбатын диэн бу тутуулар тустарынан сурукка тиһэн, дьоҥҥо сэргэҕэ биллэрэн үйэтитэр кэм кэллэ.  Онон хас биирдии улууска былыргы тутуулары сөргүтэн кэнчээри ыччакка кэпсиир  чинчийэр үлэ хомуллан каталокка киллэрэр сорук турар. Бүгүҥҥү үлэ нэһилиэк былыргы таҥаратын дьиэтин тула буолла. Олохтоох кырдьаҕас Николаев Климент Ильичтыын бэрт сэргэх көрсүһүү тэрилиннэ. Урут турбут миэстэтин чопчу билэр буолан кээмэйэ оҥоһулунна. Нэһилиэк историятын дьылҕатын кэпсиир өйдөбүнньүк бэлиэ наадатын ыйда. 1870 с. тутуллуохтаах сирин Таҥара дьиэтэ диэн чинчийбиттэр. 1873 с. тутуллубут. 1876 с. үлэҕэ киирбит. Кэлин Өктөөп революциятын саҕана оскуола бас билиитигэр бэриллибит. Крестяхская трехсвятительская церковь диэн эбит. Василий Попов бэйэтин үбүнэн Вятскай губернияттан төрүттээх нуучча маастара Дядиҥҥа туттарбыт. Салҕыы оҕолор чинчийэр үлэнэн дьарыктаныахтара.

 

Просмотров: 385 | Добавил: Administrator | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]