09:12 Дьуруhуй, мин сахам хомуhа | |
Дьуруhуй, сахам хомуhа! Тохсус тегулун ыытыллар улуустаа5ы хомусчуттар фестиваллара «Олонхо» сынньанар киин (директор Васильева Г.М. ) киэн туhулгэтигэр урдук тэрээhиннээхтик ыытылынна. Быйылгы курэх уратыта - биирдиилээн, беле5унэн бастыыр иhин сана са5алааччылар уонна хаhыс да сылын дьарыктанар хомуhу тардааччылар диэн арахсан илин-кэлин тyhyстyлэр. Хомус кyрэ5ин сэргэ бэйэ оноhуга сахалыы музыкальнай инструменнар быыстапкалара тэрилиннэ. Фестиваль ыалдьыта уонна дьууллуур субэ бэрэссэдээтэлэ биир дойдулаахпыт Элгээйиттэн теруттээх импровизатор-хомусчут, Георгий Слепцов-Ча5ылхаан о5олор талааннарын, маастарыстыбаларын сыаналаата. Кини Дьокуускай куоракка С.А.Зверев аатынан ункуу театрыгар улэлиир, «Дохсун» этно-группа салайааччыта, аан бастаан хомуска уhуйбут уhуйаанын Туйаара Аркадьевна Алексеева ынырыытын быhа гыммакка кэлэн фестивалы олус киэргэттэ. Биир кун устата 20-чэ биирдиилээн хомусчуттар, 15 беле5унэн тардааччылар хомуhу хонкуната ыллаттылар, ытыс ымыытын дьуруhутэ туойдардылар. Фестиваль кыайыылаахтарынан буоллулар: саІа са5алааччы белехтерге 1-кы миэстэ - «Курулгэн» (Сунтаардаа5ы о5о дьо5урун сайыннарар киин, сал. Алексеева Т.А.), 2-с миэстэ – «Дор5оон оhуора» (Сунтаардаа5ы о5о искусствотын оскуолата, сал. Нохсорова С.М.), 3-с миэстэ – «Кылыhах» (Сунтаардаа5ы 3№-дээх оскуола, сал. Тартаков Е.Е.) Хаhыс да сылын дьарыктанар бeлeхтeргe: 1-кы миэстэ – «Кyeрэгэй» (Элгээйитээ5и о5о музыка оскуолата, сал. Чярина А.Е.), 2-с миэстэ – «Дуорай» (сал. Спиридонова Т.Н.), 3-с миэстэ – «Кeмyс дор5оон» (Бордон, сал. Петрова Л.Г.) Улахан туhулгэ5э аан бастакытын сурэхтэммит Сунтаардаа5ы начальнай оскуола 1д кылааhын «Мичээр» хомусчуттарын беле5е (сал. Алексеева Т.А.) «Сардаана» киэргэнэр киин салайааччыта Кириллина А.С. анал бирииhин 3000 солк. бэлэх туттулар. Саамай кыра кыттааччылар «Березка» о5о саадын хомусчуттарын бeлe5e (сал. Слепцова М.И.) фестиваль биhирэбил бирииhинэн на5араадаланнылар. Сана са5алааччы биирдиилээн толорооччуларга: 1-кы миэстэ – Степанова Ванесса (Сунтаардаа5ы о5о искусствотын оскуолата, сал. Нохсорова С.М.), 2-с миэстэ – Кузьмина Юлиана, (Арыылаах, сал. Данилова Н.Ю.), 3-с миэстэ – Ермолаева Дайаана (Сунтаардаа5ы о5о дьо5урун сайыннарар киин, сал. Алексеева Т.А.). Хаhыс да сылын дьарыктанар хомусчуттарга: 1-кы миэстэ Яковлева Диана (Элгээйитээ5и о5о музыка оскуолата, сал. Чярина А.Е.) буолла уонна yeрэх управлениетын сyрyн бирииhин Дьокуускай куорат «Сосновай бор» о5о сынньанар-чэбдигирэр Киинигэр бэс ыйыгар баран сынньанар путевкатын ылла. 2-с миэстэ буолбут Федоров Андрей (Сунтаар 1№-дээх оскуолата, сал. Спиридонова Т.Н.) уонна 3-с миэстэни ылбыт Петрова Сахайаана (Бордон, сал. Петрова Л.Г.) эмиэ yeрэх управлениетын сyрyн бирииhин путевканы ылан yeрyyлэрэ yксээтэ. Георгий Слепцов анал бирииhин этигэн хомуhу yyнэн иhэр кэскиллээх хомусчукка Андрей Федоровка дохсун ытыс тыаhынан алгыс тылы этэн туран туттарда. Тyмyккэ кыайыылаах хомусчуттар уонна хомуска уhуйааччылар Георгий Слепцовтуун тута хоhуйан хомустаан дьyрyhyттyлэр, ураты маастарыстыбаларын кeрдeрдyлэр. Бэйэ оноhуга сахалыы музыкальнай инструменнарын быыстапкатыгар кыра бeлeххe «Березка» о5о саада yс бастакы миэстэлэри, орто бeлeххe Сунтаардаа5ы начальнай оскуола 1д кылааhын yeрэнээччилэрэ (кыл. сал. Секова Л.Ф.), улахан бeлeххe 1-2 миэстэлэри Кyyкэйдэр (сал. Николаев Д.В.), 3 миэстэни Контогорова Сандра (Сунтаар) ыллылар уонна Сунтаардаа±ы кииннэммит библиотека (директор Иванова Т.Н.) анал бириистэрин хаhаайыттарынан буоллулар. Быйылгы тохсус «Дьуруhуй, сахам хомуhа» фестивальга анал бириистэри туруорбут улуустаа5ы культура уонна духуобунас управлениетыгар, улуустаа5ы кииннэммит библиотека5а, «Сардаана» киэргэнэр кииннэ, Сунтаардаа5ы «Олонхо» сынньалан киинигэр тэрийээччилэр ааттарыттан истин махталбытын биллэрэбит. | |
|
Всего комментариев: 0 | |