Главная » 2020 » Апрель » 22 » фольклорный коллектив "Бэйбэри" на дистанционке
16:39
фольклорный коллектив "Бэйбэри" на дистанционке



Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин "Бэйбэри" хомус куруһуогун педагога Спиридонова Т.Н.⠀
"Билиҥҥи күн ирдэбилинэн хомуска сотовай телефон ситиминэн оҕолору дьарыктыы олоробут. Кэккэ ыарахаттардаах да буоллар үлэлиибит.
Алта группабын түөрт группаҕа арааран, нэдиэлэҕэ иккилиитэ сибээскэ тахсан дьарыктанабыт. Мин санаабар, кылааһынан дьарыктыыр оҕолорум Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатын 3 в кылааһа ордук үчүгэйдик, көхтөөхтүк үөрэнэллэр. Бэйэ-бэйэлэрин билсэр буоланнар кыбыстыбаттар, ылбыт сорудахтарын тута толороллор.
Бу үөрэтэрбэр Дьокуускайдааҕы Хомус музейын "Ил Хомус" сайта күүс-көмө буолар. Виртуальнай Хомус музейыттан саҕалаан араас темалаах быыстапкалары, улахан хомусчуттар видеоларын көрөбүт.
Бырайыак  оҥостон Улуу Кыайыы 75 сылыгар хоһоон, ырыа үөрэтэн монтаж бэлэмнии сылдьабыт."
#Дьиэбитигэролоробутуөрэнэбит.
#Дистационноеобучение
#дистанционкаЯкутия

Категория: Дистанционное обучение | Просмотров: 402 | Добавил: Григорян | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]