Главная » 2019 » Ноябрь » 5 » "Я-инженер"
16:55
"Я-инженер"

Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин күһүҥҥү лааҕырыгар улуустааҕы  Wordskills күрэһэр бэлэмнэнэр сыаллаах "Я-инженер" диэн техническэй хайысха үлэлээтэ. Манна саҥа кыттар оҕолорго хайдах торумнаах буоларын билэллэригэр "промдизайн" уонна "инженернай дизайн"  Сунтаар араас оскуолаларыттан кэлэн үөрэннилэр. "Промдизайн"  компетенциятыгар  бэрт тэрээһиннээх тургутуу  буолан ааста. Хас биирдии хамаанда бары бэриллибит сорудаҕы олус көхтөөхтүк көмүскээтилэр. Түмүккэ: 1м - СПТЛ, 2м- ССОШ1, 3м - СГ  тахсыбыттара. Онтон "инженерный дизайн" диэн компетенцияҕа биирдиилээн кыттыыга: 1м- Антонов Тимур, 2м- Тимофеев Айхал, 3м- Уаров Константин, улахан саастаах оҕолорго кыайыылааҕынан Николаев Тимофей буолла. Дьэ бу курдук күһүҥҥү каникулга туһалаахтык дьарыктанан билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэттилэр. Оҕолорго улуус иһигэр буолар чемпионакка ситиһиилэри ба5арыаҕыҥ. Бу күрэскэ кэлэн кыттыбыт уонна кытыннарбыт  коллегаларбар Гаврил Гаврильевичка, Пантелеймон Анатольевичка, Владиславка уонна Антоҥҥа улахан махтал!


Максимов А.Е.

Просмотров: 334 | Добавил: Administrator | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]