Главная » 2023 » Ноябрь » 17 » Кыраайы үөрэтээччилэргэ дьоһун бэлэх
11:05
Кыраайы үөрэтээччилэргэ дьоһун бэлэх

Бүгүн Сунтаардааҕы улуус үөрэҕириитин түмэлигэр төрөөбүт дойдуларын историятын дириҥэтэн үөрэтэр, чинчийэр, ис-хаан энтузиаст кыраайы үөрэтээччилэргэ биир дьоро тэрээһин буолла. 2022 с. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаан ыытыллыбыт кыраайы үөрэтээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи I научнай-практическай кэмпириэнсийэлэригэр Сунтаар улууһуттан элбэх киһилээх дэлэгээссийэ баран ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэ. Бу кэмпириэнсийэҕэ киирбит матырыйааллартан сүүмэрдэнэн таҥыллыбыт кинигэ бу соторутааҕыта бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу хомуурунньукка,  уопсайа, өрөспүүбүлүкэ араас улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин 33 үлэтэ киирбит. Ол онтон алтата – биһиги улууспутуттан.

Кинигэ сүрэхтэниитин Н.М. Родионова аатынан Сунтаардааҕы Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһиттэрэ олус сэргэх, истиҥ тыыннаах гына тэрийэн ыыттылар.

Аркадий Яковлев, Сунтаардааҕы архыып сэбиэдиссэйэ:

– Бу кэмпириэнсийэ Иван Шамаев көҕүлээһининэн САССР тэриллибитэ 100 сылын туоларыгар, оруобуна ыйыгар, буолбута. Сунтаартан бэрт тэрээһиннээхтик, элбэх киһилээх дэлэгээссийэнэн баран олус көхтөөхтүк кыттан кэлбиппит. Кэмпириэнсийэҕэ олус үчүгэй үлэлэри истибиппит, улахан учуонайдар кыттыыны ылбыттара, дьүүллүүр сүбэҕэ да бааллара. История араас кэрчик кэмин кэпсиир дакылааттары олус сэргии истибиппит. Дириҥ билиилээх учуонайдар, историктар тута тус санааларын, сүбэ тылларын этэ олороллоро, ырытыылар буолбуттара астыннарбыта. Уопсайынан, бу историяны сырдатар кыраайы үөрэтээччилэр хамсааһыннарыгар биһиги улууспут көхтөөхтүк кытта сылдьара үөрдэр.

Аркадий Егорович салгыы улууспутугар ханнык үбүлүөйдээх даталар баалларын, историяны үөрэтээччи энтузиаст краеведтар, учууталлар ханнык хайысхаларга чинчийэр үлэни ыытыахтарын сөбүн, ханнык хайысхаларга үлэ барара наадатын  билиһиннэрдэ.

Ангелина Антонова, Н.М.Родионова аатынан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин дириэктэрэ, 2022 с. кэмпириэнсийэҕэ Сунтаар дэлэгээссийэтин салайан илдьэ сылдьыбыт кыраайы үөрэтээччи, кинигэҕэ киирбит ааптардар үлэлэригэр тохтоон бэрт истиҥ ырытыыны оҥордо. “Кыраайы үөрэтээччи” диэн киһи ханнык идэлээҕиттэн тутулуга суоҕун, ис-иһиттэн ылларан, сөбүлээн, чинчийии үлэтин хобби курдук оҥостон, анаан дьарыктанар дьон туһунан буолалларын бэлиэтээн эттэ.  Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһиттэрэ Сунтаар улууһун Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын чопчулааһыҥҥа ыытар сүҥкэн бырайыактарын салгыы сайыннарар былааннарын кэпсээтилэр.

Альбина Иванова, үөрэҕирии түмэлин сэбиэдиссэйэ:

– Кыраайы үөрэтээччилэр маннык түмсүүлээхтик баран кэлбиккит олус үчүгэй этэ. Ону салҕаан бу дьоро түгэҥҥэ мустан олорорбут эмиэ олус үөрдэр. Маннык үтүө түгэннэр үксүү турдуннар. Сунтаарбыт туһугар туох эрэ олус үчүгэйи оҥорор кыахтаах дьон олороҕут, ол кыаххытын туһанаргытыгар баҕарабын.

Анна Сидорова, Сунтаар улууһун үөрэҕириигэ салалтатын иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ отделын исписэлииһэ:

 Сыралаах үлэҕит түмүгэ кинигэ буолан тахсыбытынан Сунтаар улууһун үөрэҕириигэ салалтатын уонна иитии, эбии үөрэхтээһин отделын аатыттан эҕэрдэлиибин. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ олус элбэх сонуну, саҥаны биллим. Ангелина Владимировна биһиги учууталбыт. Элбэх чинчийэр үлэҕэ кытыннарбыта, — диэн эҕэрдэлээтэ уонна санаатын үллэһиннэ.

Бу курдук улууспут кыраайы үөрэтээччи энтузиаст дьоно үлэлэрин биир үтүө түмүгэ буолан тахсыбыт кинигэ үөрүүлээх сүрэхтэниитигэр ирэ-хоро сэһэргэстилэр, инники былааннары, көхтөөх үлэлэри торумнаатылар.

Марфа ИВАНОВА.

Просмотров: 116 | Добавил: Administrator | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]