«Айымньылаах ийэ тыл»
Алтынньы 31 күнүгэр үтүө мааны үлэһит дьоннордоох, айар-тутар көхтөөх ыччаттардаах Сунтаар улууһугар Төрөөбүт төрүт тыл сылыгар аналлаах «Айымньылаах ийэ тыл» төгүрүк остуол ыытылынна. Төгүрүк остуолга Сунтаар, Хочо түөлбэлэриттэн сэттэ оскуолаттан 22 үөрэнээччи, 14 педагог кыттыыны ыллылар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэнээччилэр “Күн» түмсүүлэрин өйүүр, бу үтүө хамсааһыны улууспутугар олоххо киллэрэр сыаллаах кэпсэтиини үөрэнээччилэр бэйэлэрэ былааннаатылар, биэс хамаандаҕа арахсан бырайыактыыр үлэни ыыттылар. Туох этиилэр, саҥа санаалар киирбиттэрин мантан аллараа билсиэххэ.
«Дьулуур» хамаанда: Саха тылын чинчийии историятыттан саҕалаан, Дьокуускай куоракка баар сахалыы тыллаах кылаастар холобурдарыгар тирэҕирэн кэпсээтилэр. Оскуолаҕа саха тылын уонна ааҕыытын уруоктарын чааһын элбэтии, оонньуу-уруоктары ыытан үөрэнээччилэр сахалыы кэпсэтэр эйгэлэрин кэҥэтиигэ этии киллэрдилэр.
“Ситим” хамаанда: Төрөөбүт төрүт тылынан ыраастык кэпсэтэр, сахалыы үгэһи тутуһар ыччаты атын норуот убаастыаҕа, элбэх доҕордоох буолуоҕа диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Айаан Горохов, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй үөрэнээччитэ: “Сахалыы саҥа дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, мин кыра сааспыттан төрөппүттэрбин ийэ, аҕа диэн ыҥырабын”, - диэн этэр. Никита-Сандал Иванов (Илимниир) «доҕорум Айаан” диэн ыҥырбыта уратытык иһилиннэ. Бырайыактарыгар 5-6 кылаастар ордук нууччалыы саҥараллар, 7-11 кылаастар сахалыы элбэхтик кэпсэтэллэрин бэлиэтээтилэр.
“Эрэл” хамаанда: Переменаҕа чуораан оннугар сахалыы ырыалары тыаһатыахха, кылгас сахалыы киинэлэри, ойуулуктары көрдөрүөххэ наадатын ыйдылар. «Эрэл” эстетическэй киин, “Мичил” драма куруһуогун, эдэр корреспонденнар кулууптарын бырайыагын билиһиннэрдилэр. “Сир уустара” лааҕырга улуус оҕолоругар сахалыы тылы сайыннарар сыаллаах көрсүһүүнү тэрийэр баҕа санаалаахтарын эттилэр.
“Сайдам” хамаанда: «Сайда тур, Сахам сирэ!” бырайыактарыгар нууччалыы мультиктары сахалыы тылбаастыахха, бээтинсэҕэ оскуолаҕа саха тылын күнүн олохтоон киинэлэри көрдөрүөххэ, остуол оонньууларын сэргэ сахалыы таайбараҥнары, таабырыннары, квест-оонньуулары тэрийиэххэ диэтилэр.
“Ситис” хамаанда: Социальнай ситимнэртэн, интернеттэн оҕолор олус элбэх иһитиннэриини ылаллар ол иһин нууччалыы кэпсэтэллэр. Дьиэ кэргэнтэн саҕалаан сахалыы кэпсэтэр эйгэни тэрийиэххэ диэн Нелли Лукина (Сунтаардааҕы гимназия) хамаандата элбэх холобурдары аҕалан аһаҕастык кэпсээтэ.
Оҕолор бырйыактыыр үлэлэрин истэ олорон улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай бэргэн этиитин санаатым «Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн эрэнэбин...”
https://t.me/nvk_sakha/28585
«Я-профи” Чемпионакка бэлэмнэнии
Сэтинньи 9-10 күннэригэр алын сүһүөх үөрэнээччилэрин ортотугар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Я-профи” Чемпионакка күүстээх бэлэмнэнии буолла. Өлүөхүмэтээҕи эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ быйыл төрдүс төгүлүн “Контур Толк” сыһыарыы нөҥүө тэрийэр Чемпионатыгар СЦДТ хамаандалара «Поварское дело”, “Графический дизайн”, “Мобильная робототехника”, “Технология моды”, “Искусство кино”, “Правохранительная деятельность” уонна биирдиилээн “Художник-декоратор”, “Парикмахерское искусство” компетенцияларга кыттыыны ылыахтара. Үөрэнээччилэргэ, настаабынньыктарга, төрөппүттэргэ уонна үтүө сүбэһиттэрбитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
«ПЕРЕЗАГРУЗКА-2023 күһүҥҥү сбор
Бүгүн Сомоҕолоһуу күнүн көрсө күннэтэ алтыһар, СЦДТга дьарыктанар В.Г.Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатын 3ж (кылаас салайааччыта Новикова Г.В.), 3в (кылаас салайааччыта Михайлова Т.Д.), 3б (кылаас салайааччыта Алексеева А.Т.), 4г (кылаас салайааччыта Андреева Л.Р.) кылаас кэллэктииптэригэр бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолла. Биэс станциянан сылдьан «Саха сахатынан кэрэ” эҕэрдэ кэнсиэр көрдүлэр, хамаандаҕа арахсан оонньоотулар, “Таптыыр-ахтар сахам тыла” төрөөбүт тылларын төһө билэллэрин тургутан көрдүлэр, үп-харчы, тобуллаҕас өй, остуол оонньуутун көҕүлүттэн туттулар, маастар кылааска сылдьан сулус оҥордулар. Түмүккэ араас омуктар үҥкүүлэрин кытта билсэн үҥкүүлээн сэртипикээт тутан үөрэ-көтө тарҕастылар.
Ким сонуннарбын тиһэҕэр диэри аахпыкка махтанабын. Өссө төгүл Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ, иллээх-эйэлээх олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.
Кэлэр нэдиэлэ сэргэх сонуннаах буоллун.
Айна Яковлева
|