"Өрөгөй" 15 сыла
Анатолий Новиков салайааччылаах "Өрөгөй" эр дьон ырыа ансаамбыла 15 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтээтилэр. Киирээти кытта эргэнэ хара тыа байанайдаах булчуттарын быыстапката, аһа-үөлэ ыалдьыттары уруйдуу көрсөр. Бу киэһэ өрөгөйдөр араас таһымнаах күрэстэргэ, кэнсиэртэргэ кыттан толорбут ырыаларын дуоһуйа иһиттибит. Куораттан, Намтан баянист Афанасий Харитонов, Анатолий Григорьев, Афанасий Дмитриев эҕэрдэ видеоларын, ырыаларын ыыппыттар. СЦДТ-тан араас кэмнэргэ Руслан Иванов, Егор Мурзабаев, Андриан Максимов ыллаан- туойан сылдьыбыттара, элбэххэ үөрэммиттэрэ, салгыы ырыаны олохторун аргыһа оҥостуохтара диэн эрэнэбит. СЦДТ кэллэктиибин, администрациятын, профкомун аатыттан эҕэрдэ сурукпутун, өйдөбүнньүк бэлэхпитин Анатолий Степановичка, Михаил Спиридоновичка - Учуутал убайдарбытыгар сүгүрүйэн, махтанан туран Егор Бекназаровичтыын үрдүк сценаттан туттардыбыт. Егор дьулуурдарын кытта Мэхээс Сэмэнэп-Серкан ырыатын бэлэхтээтилэр.
Бу күн "ӨРӨГӨЙ" диэн Москва куоракка бэчээттэммит "буруолуу сылдьар" саҥа кинигэ-альбом (куар куодтаах, саҥарар кинигэ) сүрэхтэннэ.
Айар кэнсиэрт "Саамай аҕам саастаах көрөөччүтэ" анал бирииһи (уһанар тэрил наборун) Николай Васильевич Лидочеҥҥа туттардылар.
Ылбаҕай ырыаҕытыгар ылланары ситэрэн "Бары үчүгэй эрэ баар буоллун бу устар олоххутугар" диэн өрөгөйдөрү алҕаатахпыт буолуохтун.
Видеостудияҕа көрсүһүү
"Туллукчаан" уһуйаан иитиллээччилэрэ (иитээччи Анна Попова) "Аргыс" оҕо видеостудиятыгар (педагог Л. С. Ларионова) идэҕэ туһаайыллыбыт интэриэһинэй көрсүһүүгэ ыалдьыттаатылар. Аргыстар Света Софронова, Майна Михалева, Айлина Исаева уонна Күндүмэн Григорьев кырачааннарга режиссер, оператор, диктор, гример, монтажер идэлэрин кэпсээтилэр уонна көрдөрдүлэр. Оҕолор олус сөбүлээн , биһиги маннык идэни талабыт диэн астынан, үөрэн-көтөн бардылар.
Дуобат күрэҕэ
Сэтинньи 17 күнүгэр оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо нуучча дуобатыгар коммерческай күрэс ыытылынна.
"Уопсайа 26 дуобаччыт икки группанан арахсан оонньоотулар. Бастакыга улахан дьоннор уонна 5 кылаастан үөһээ оҕолор - 18-тар, иккис бөлөххө начальнайдар - 8 оҕо. Түмүккэ бастакы бөлөххө 76 саастаах Павлов Ким Николаевич 1 миэстэ, Уаров Тимур 3 кыл. - 2 миэстэ, Лаптев Айсен- 3 миэстэ буоллулар. Кыра бөлөххө Григорьев Күндүмэн - бастакы, Игнатьева Кыыдаана- иккис, Ксенофонтов Байдам- үһүс миэстэни ыллылар уонна грамота, харчынан бириис туттуллар, " - диэн "Дебют" дуобат кулуубун салайааччыта Марианна Григорьева кэпсиир. Онтон авиация бэтэрээнэ, улахан дьоҥҥо кыайыы өрөгөйүн билбит Ким Павлов: "64 харахтаах дуобакка коммерческай күрэхтэһии буолла, Улахан дьоннор уонна оскуола оҕолоро кытыннылар. Дуобат куруһуогар дьарыктанар оҕолор оонньууллара сүрдээх, үһүс кылааска үөрэнэр Уаров Тимур уоллуун нэһиилэ тэҥнэстим, бэркэ оонньуур оҕо эбит. Толкуйдуура сүрдээх, отой сыыһа хаампат, атын да оҕолор бэркэ оонньуулар эбит. Маннык дуобат күрэхтэһиитин ыыта турдуннар диэн баҕа санаалаахпын , оҕолору итинник улахан дьону кытта оонньотор туһалаах буолар ", - диэн санаатын үллэстэр .
Кэлэр нэдиэлэҕэ "Инникигэ хардыы" НПК бэлэмнэнии, "Профессионалы (юниоры)" Чемпионат семинара Сферум сыһыарыы нөҥүө ыытыллара былааннанар.
Сэтинньи 24 күнүгэр Олоҥхо, Хомус күннэрин көрсө «Олоҥхону кылааһынан толоруу» улуустааҕы күөн-күрэс уонна “Оһуокай – күн үҥкүүтэ» фольклорга уһуйааччыларга аналлаах семинар-практикум ыытыллыаҕа. Онтон тобуллаҕас толкуйдаахтары, сытыы өйдөөхтөрү саахымат күрэхтэһиитигэр күүтэбит.
Аныгыскы нэдиэлэ үгүс сонуннардаах буоллун.
Айна Яковлева.
|