Главная » 2023 » Июнь » 2 » “Оҕо саас кустуга”
08:38
“Оҕо саас кустуга”

Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүгэр ыытыллыбыт «Үөрэр-көтөр оҕо саас“ бырааһынньыктааҕы  тэрээһиҥҥэ Н.М.Родионова аатынан Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин “Оҕо саас кустуга” түһүлгэтигэр элбэх дьон сөбүлээн сырытта. Оонньотор-үөрэтэр, аралдьытар сыаллаах оҕо саас поеһын алта вагоннарыгар олорсон оҕолор, дьиэ кэргэттэр көхтөөхтүк күрэхтэстилэр, айар мастарыскыайдарга дьарыктаннылар.
 «Ситис! Кыай! Доруобай буол!» вагоҥҥа көрдөөх спортивнай күрэстэр, «Киберпен” футбол күрэһэ ыытылынна.“Ньам-Ньам” вагон-рестораҥҥа минньигэс колобоктары астаатылар, «Үөрэн, саҥаны бил» - улахан дуобат хонуутугар өркөн өй, тобуллаҕас толкуй күрэһэ буолла. «Баҕа санаа маһа» вагоҥҥа - самаан сайыны уруйдаан салама баайдылар, төрөөбүт Сунтаарбыт улууһун каартатын хомулугун бириэмэҕэ таҥнылар, робот массыыналар икки ардыларыгар күүрээннээх күрэс тэрилиннэ. «Ай-тут, сайын!» вагоҥҥа «Ытыспар күнчээн” кырачааттар уруһуйдара, быысабай, туойунан Чебурашка оҥоһукка кэлбит эрэ бары үөрэ-көтө кытынна. Бары вагоннарга сылдьыбыт тулуурдаах, дьулуурдаах дьиэ кэргэттэр, оҕолор хамаандалара бириистэрин лагерит (балл) ыллылар уонна түмүккэ эҕэрдэлиир үөрүүлээх чааска кыайыылаахтар ааттара билиннэ. 
 Дьиэ кэргэттэр хамаандаларыгар 1 миэстэ - Марина, Дьулуур, Надежда Неустроевтар (58 лагерит), 2 миэстэ - Янита , Роберт, Эрэл, Ньургуйаана Харчасовтар (44 лагерит), 3 миэстэ- Илона, Людмила Тертюховтар (36 лагерит), “Кыайыыга дьулуур”анал номинация Кирилл, Сандаара, Диана Корниловтарга туттарылынна. 
Оҕолор хамаандаларыгар  1 миэстэ - Зоммер Аделаида, Захарова Василина уонна Копылова Айыына (36 лагерит), 2 миэстэ - Федоров Валентин, Федоров Толя уонна  Васильев Эдик – (36 лагерит), 3 миэстэ- Лукин Эрик, Лукин Эльдар уонна Бурнашев Сулустаан (33 лагерит) буоллулар. Кыайыылаахтарга Сунтаар улууһун депутаттарын Сэбиэтэ (бэрэссэдээтэл У.Д.Попова) туруорбут харчынан бириистэрин уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэрин депутат, Сунтаардааҕы оҕо спортивнай оскуолатын директора А.Н.Михайлов үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Эһиил даҕаны маннык үтүө бачыым салҕаныаҕар, оҕо саас бырааһынньыгар улахан болҕомто уурулла туруоҕар эрэнэбит уонна тэрийээччилэр ааттарыттан истиҥ махталбытын биллэрэбит. 
Салгыы «Весна пришла. Весне дорогу” улуустааҕы хаартыска күрэһин уонна улуустааҕы “Радуга Севера” үөрэнээччилэр айар дьоҕурдарын быыстапкатын оскуолатааҕы түһүмэҕин кыайыылаахтарын наҕараадалааһын ыытылынна. 
Оҕо саас оһуордаах кустуга сэттэ араас өҥүнэн чаҕылыйа туруохтун!

         
Айна Яковлева.

Просмотров: 196 | Добавил: Administrator | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]