08:34 Омуннаах – төлөннөөх оройунан көрбүт Онтуоска уолчаан... | |
Муус устар 29 кунэ 2023 сыл миэхэ наһаа даҕаны үөрүүлээх буолла. Субу аҕай, отой аҕыйах хонуктааҕыта, сахалар сахалыы саҥарыахха, ийэ тылбытын сүтэримиэххэ, сайыннарыахха диэн улахан тэрээһин буолбута. Аҕа баһылыкпыт Анатолий Васильевич Григорьев бу сылы төрүт тыл сылынан биллэрбитэ. Тыл сылын өрөгөй ырыатын мин тылларбар Альберт Горохов матыып айан сыл аһыллыытыгар ыллааннар улаханнык үөрдүбүттэрэ. Онтон бүгүүн...Онтон бүгүн В.Г.Павлов аатынан алын сүһүөх оскуола 2 “ж” кылааһын үөрэнээччилэрэ, учууталлара Новикова Галина Васильевна, төрөппүт Людмила Колодезникова – Мутукча проегынан мин “Омуннаах – төлөннөөх оройунан көрбүт Онтуоска уолчаан” диэн оҕолорго аналлаах тэттик олоҥхобун туруоран улахан бэлэх оҥордулар. Үөрүүлээх тэрээһин аһыллыытыгар “Оҕо сайдар киинин” салайааччыта Ангелина Антонова киирии тылыгар сахалыы тылбыт сайдарыгар, тыл сылын чэрчитинэн бу айымньы улахан үктэл буолуо диэбитин наһаа сэргии иһиттим. Оҕолор аҥардас олоҥхону толоруунан муҥурдаммакка өссө “КэрэТик” иис студия оҕолорунаан, төрөппүттэринээн олоҥхо ис хоһоонунан паннолары тикпиттэр. Бу улахан үлэ графическай дьикти уруһуйдарын "GraficART" студия оҕолоро, салайааччы Варвара Иванова оҥорбуттар. Оҕолор , төрөппүттэр , салайааччылар баай фантазиялара сөхтөрдө. Олоҥхону үөрэтиини талба талааннаах дьүөгэм, ырыа учуутала Ирина Лукина кыайа туппут. Оҕолор барахсаттар сахалыы таҥастаах бу дьоһумсуйан олорон олоҥхолууллара кими үөрдүбэт , долгуппат буолуой?! Олоҥхону көрөн баран улуус үөрэҕириитин салаатын эппиэттээх үлэһитэ Маргарита Иннокентьевна Попова оҕолор толорууларыттан, улахан, элбэх үлэ баран эрэриттэн астыммытын биллэрэн туран Махтал сурук, минньигэс кэһии туттарда. Тэрээһин силигин ситэрэн Мутукча сып сылаас алаадьынан күндүлээтэ, бырпаҕынан айах тутта, төрөппүттэр кинигэм ойуулаах мип минньигэс торду мустубут дьоҥҥо утары ууннулар. Бары сэргэх олоҥхону истэн, чобуотук толорон, оҕолорун толоруутун истэн, сиэдэрэй, сүрэх, илии сылааһа иҥпит дьэрэкээн айымньыларын көрөн, араас минньигэс утахтары, сакалааттары, торду амсайан бары астынан тарҕастыбыт. Бу кэрэ күнү бэлэхтээбит айымньылаах үлэһиттэргэ, талааннаах оҕолорго Махтанабын, сырдык саҕахтары, үрдүк үрдэллэри баҕарабын! Зинаида Федотова - Дьол Кыыма | |
|
Всего комментариев: 0 | |