Главная » 2019 » Ноябрь » 26 » Первенство по шахматам
10:58
Первенство по шахматам

Сунтаар нэһилиэгин саахымакка чемпионата түмүктэннэ. Барыта 46 кыттааччыттан, бастакы бөлөххө: 10 саастарыгар (2009 сылга) диэри оҕолорго 15 уол 6 кыыс кытыннылар. Ол, түмүгэр, уолаттарга:

1м. Ксенофонтов Кирсан( 4кл., СНОШ);

2м. Кононов Никита (4кл.,СНОШ)

3м. Торговкин Денис (2кл. СОШ№3);

кыргыттарга:

1м. Гуринова Диана (3кл., СОШ№1),

2м. Семенова Каролина(1кл.,СНОШ);

3м. Софронова Света(4кл.СНОШ)

Иккис бөлөххө, орто, 11-13 саастаах оҕолорго, 8 оҕо кыттыбытыттан 6 уол, 2 кыыс. Олортон уолаттарга: 1м. Егоров Алеша(7кл., СПТЛ-И);

2м. Николаев Марк(6кл.СПТЛ-И);

3м. Портнягин Кирилл(СОШ№1);

кыргыттарга Семенова Даша,( 6кл. СОШ №1) уонна Ксенофонтова Кристина(6кл.СОШ№1) 1-2 миэстэни үллэһиннилэр.

Үһүс бөлөххө, 14-тэн аҕа саастаах оҕолор уонна улахан дьоннор, барыта 18 саахымаччыт күөн көрүстүлэр. Эр дьоҥҥо уонна 14-тэн аҕа саастаах уолаттарга:

1м. Сантаев Д.И,

2м. Николаев Г.,

3м. Лаптев А. уонна судьуйалар быһаарыыларынан, оҕолортон бастыҥ көрдөрүүлээх Эрнест Спиридонов эмиэ 3м. буолбутун туоһулуур мэтээлинэн уонна грамотаннан бэлиэтиэннэ.

Дьахталларга 6 кыттааччыттан 4 үөрэнээччилэр, 1 саахымаччыт эр дьоннору уолаттары кытта күрэхтэстэ. Ол түмүгэр, Нелли Александровна уолаттардыын, эр дьоннуун бэрткэ эриһэн 4 буолла уонна үөрэнээччи кыргыттар бириистээх миэстэлэри үллэстэллэригэр суол аста.

Ол түмүгэр, 2019 сыл Сунтаар нэһилиэгин дьахталларга саахымакка чемпионкатынан

Саввинова Дайаана,(8кл. СОШ№1)буолла,

2м. Иванова Даяна (9кл. СПТЛ-И) онтон 

3  миэстэни былырыын дьахталларга чемпионнаабыт Васильева Илона (7 кл., СПТЛ-И) ылла.

Бириистээх миэстэлэргэ тахсыбыт саахымаччыттар мэтээллэринэн уонна Сунтаарбыт нэһилиэгин баһылыгын Э.Е. Филиппов грамоталарын туттулар. Бастаабыт саахыматччыттар нэһилиэкпит чемпионнарын аатын сүгэр чиэстэннилэр.

           

Просмотров: 358 | Добавил: Григорян | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]