Сахабыт хомуһун анал күнүнэн, хомуһу сэҥээрэр, сэргиир, сүгүрүйэр, хомус доҕордоох саха ыччаттарын эҕэрдэлээн туран С.А.Зверев аатынан түмэл уонна Н.М.Родионова аатынан оҕо дьоҕурун сайыннарар киин холбоһуктаах тэрээһинэ ыытылынна. Хомус дьүрүскэн тыаһынан саха фольклорун хайа баҕарар көрүҥүн (жанрын) эргиччи сатыыр, талааннаах ыччаппыт Александра Яковлева эҕэрдэлээтэ.
- Бүгүн хомуска сыһыаннаах дьон өрөгөйдүүр, инники күөҥҥэ тахсар күннэрэ, тапталлаах Сахабыт сирин үрдүнэн араас хабааннаах, таһымнаах тэрээһиннэр буола тураллар. Биһиги сыл ахсын бу күнү араастаан хатыламмат гына оҕолорго анаан тэрийэбит. Ол курдук ааспыт сылларга саҥа хомуһу туппут оҕолору сүрэхтээн, алгыс иҥэрэр этибит, хомус күрэҕин ыытарбыт. Быйыл арыый уларытан 2010 сыллаахха ыытыллыбыт уруһуй күрэһин хатылаан быйыл эмиэ ыыттыбыт. Ол үлэлэри барытын түмэн түмэл быыстапкалыыр саалатыгар туруордубут, - диэн эбии үөрэхтээһин педагога Тамара Спиридонова киирии тылынан саҕалаата. Уруһуй күрэһин түмүгүн дьүүллүүр сүбэ бэрэсэдээтэлэ, түмэл кылаабынай харайааччыта Эмма Васильева иһитиннэрдэ. Киирбит үлэлэргэ биирдиилээн ырытыыны оҥорон сүбэлээтэ, инники өттүгэр кыттааччыларга ситиһиилэри баҕарда.
«Сахам хомуһун көрүүм, көтүүм, дьүьүйүүм»
улууска оҕолорго ыытыллыбыт уруһуй күрэһин түмүгэ.
1-4 кылаастарга:
1 миэстэ – Петров Дьулус 8 с., 2 кылаас, «Сунтаардааҕы санаторнай оскуола-интэринээт», салайааччы Михайлова Л.И
2 миэстэ – Яковлева Анна, 1 кылаас, «П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолата»
3 миэстэ – Константинова Виолетта, «Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата», сал. Дьячковская И.Л.
5-8 кылаастарга:
1 миэстэ – Алексеева Анабэль 10 с., 5 кылаас «Бордоҥ орто оскуолата», сал. Михайлова К.А.
2 миэстэ – Николаева Юлиана 11 с., «Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата», сал. Дьячковская И.Л.
3 миэстэ – Иванова Арина 11 с., «Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата», сал. Дьячковская И.Л.
9-11 кылаастарга:
1 миэстэ – Николаева Сариана 15 с., «Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолата»
2 миэстэ – Саввинова Арианна, 10 с., «Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата», сал. Дьячковская И.Л.
3 миэстэ – Никифорова Уруйдана, 3 «б» кылаас, «В. Г. Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолата»
Биһирэбил бириис Павлова Виолетта, 1б кылаас, «В.Г.Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолата». Кыайыылаахтарга өйдөбүнньүк бириистэр, мэтээллэр туттарылыннылар. Дьоҕурдаах хомусчуттар Нелли Алексеева, Дайаана Ераскумова күрэс кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр.
Ытыс ымыыта хомус тойуга дьүрүскэн тыас, кэрэ ойуу буолан ыраахха диэритин дьүрүһүйэ турдун.
Айна Яковлева.
|