Главная » 2023 » Апрель » 6 » Сандал сааһы уруйдаан
04:21
Сандал сааһы уруйдаан


Сылыйыахча сылыйбат, кэлиэхчэ кэлбэт сандал сааһы уруйдаан, сылаас күннэри түргэнник аҕалар сыалтан Сунтаар нэһилиэгин кыһыны атаарыыта муус устар 1 күнүгэр ыытылынна.  Сунтаардааҕа оҕо дьоҕурун сайыннарар киин педагогтара уонна «Глобус” туристско-краеведческай куруһуок үөрэнээччилэрэ Иранина, Дамир, Амир көрдөөх оонньууларыгар нэһилиэнньэ сөбүлээн кытынна. 
Төрөөбүт Сунтаарыҥ улууһун нэһилиэктэрин төһө билэргин тургутар хомулугу түргэн бириэмэҕэ таҥыы күрэс дьон сэҥээриитин ылла. Кыайыылаахтарынан Сандал, Егоров А.А. уонна Любовь Петрова буолан Сунтаар нэһилиэгин урбаанньыттара туруорбут өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланнылар. 
Онтон  сымсалар-быһыйдар гигантскай бачыыҥкалары, памперстары кэтэн сүүрүүгэ күрэхтэстилэр, «Имигэс илиилэр” күрэскэ бэйэлэрин холонон көрдүлэр.  Бастыҥтан бастыҥнар бириис тутуурдаах, сибиэһэй салгыҥҥа астына оонньоон тарҕастылар. 

Тымныыттан толлубакка, халтарааҥҥа хаайтарбакка биһиги оонньууларбытын сэргээбиттэргэ тэрийээччилэр ааттарыттан истиҥник махтанабыт. 
                                                                                                                                                       Айна Яковлева

Категория: Новости | Просмотров: 135 | Добавил: Administrator | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]