«Тута тигии Эйиэхэ анаан” үтүө санаа аахсыйата кулун тутар 23 күнүгэр саҕаламмыта.
Аахсыйа тэрийээччилэрэ: Н.М.Родионова аатынан Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин (директор Антонова А.В.)
Аахсыйа социальнай партнера: «Сунтаар нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии дьаһалтата (баһылык Филиппов Э. Е., баһылык солбуйааччыта Федоров Ф.С.)
Аахсыйаҕа кыттыбыт иистэнньэҥнэр, волонтердар:
-Сантаева Мария Егоровна
-Сидорова Валентина Ионовна
-Петрова Кюнняй Тихоновна
-Попова Анна Афанасьевна
-Потапова Алгыстаана (СНОШ 4-с кыл. үөрэнээччитэ)
-Иванова Людмила Николаевна
-Колодезникова Людмила Афанасьевна
-Зоммер Вера Семеновна
-Григорьева Лидия Ивановна
-Васильева Ларина Алексеевна
-Иванова Варвара Владиславовна
-Иванов Руслан Рудольфович
-Прокопьева Галина Викторовна
Сунтаар нэһилиэгин оскуолаларыттан биэс оҕоҕо иистэнньэҥнэр, волонтердар сылаас илиилэринэн бигээн, сүрэхтэрин тапталын иҥэрэн тикпит таҥастара (сааскы соннор, бэргэһэ, спортивнай көстүүм, сахалыы уол оҕо камзола) күндү бэлэх буолан туттарыллар үөрүүлээх түгэнэ муус устар 5 күнүгэр ыытылынна. Бу күн элбэх махтал истиҥ тыллара этилиннилэр, үгүс үөрүү, астыныы түгэннэрэ бэлиэтэннилэр. “Бэйбэри” фольклорнай куруһуок үөрэнээччилэрэ (уус-уран салайааччы Спиридонова Т.Н.) Дайаана Ераскумова хомус дьүрүскэн тыаһынан, онтон Эрэл Чыбыков “Мин хомуһум” диэн иэйиилээх хоһоонунан эҕэрдэлэрэ сүрэҕи манньытта, дууһаны уоскутта. Ыҥырыылаах ыалдьыттары алгыстаах алаадьынан маанылатан кэрэ тэрээһин түмүктэннэ.
Айна Яковлева
|