Олунньу 1 күнүгэр 2023 с. 1 №-дээх Сунтаардааҕы орто оскуола саалатыгар улуус биир идэлээхтэрин союзтарын Пленума буолан ааста. Улуус оскуолаларын, уһуйааннарын, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин первичнэй профсоюзнай комитеттара, улуус үөрэҕириитин саламтатыттан начальнигы солбуйааччы Борис Васильев кыттыыны ыллылар.
Пленум улуус биир идэлээхтэрин союзтарын бэрэссэдээтэлэ Анатолий Новиков сыллааҕы отчуотуттан саҕаланна. Улуус үрдүнэн 57 ППОҕа 33 оскуола, 19 уһуйаан, 4 эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ баар. Манна уопсайа 2474 чилиэн киирэллэр. Ол курдук, Анатолий Степанович сыл устата туох үлэ барбытын, туох үлэ былааннанара, ханнык көмөлөр төһө сууммага оҥоһуллубуттарын, инникитин ханнык хайысхаҕа үлэлиирбитин сиһилии кэпсээтэ, көрдөрдө. Элбэх киһи санаторийга эмтэнэн кэлэн баран путевкаларын 30% төлөттөрөн үөрбүттэр-көппүттэр.
Биэс көхтөөх элбэх этиилээх первичнэй профсоюзнай комитеттар бэрэссэдээтэллэрэ С.С. Иванов, М.К. Яковлева, М.М. Алексеева, Л.В. Васильева, Ф.И. Григорьева улуус биир идэлээхтэрин союһун түмэн үлэлииргэ эбии активка талыллан киирдилэр.
Мунньах бүтүүтэ сыл устата бастыҥ үлэни көрдөрбүт дьоннор наҕараадаланнылар. П.П. Васильева улууска үрдүк көрдөрүүлээх үлэтэ сыаналанан "Бастыҥ бэрэссэдээтэл" анал аат хаһаайкатынан буолла. Өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбит Булүүчээн орто оскуолатын учуутала А.Э. Кириллин уонна Бордоҥ орто оскуола учуутала М.М. Алексеева "За доблестный труд" мэдээлинэн, В.Э. Леонтьева, А.А. Архангельскай, А.Ю. Спиридонова, У.Н. Тоглакпан, Ф.И. Григорьева Саха республикатын профсоюзтарын Федерациятыттан Почетнай грамотатынан, М.А.Алексеева, М.В. Васильева, А.Н. Пахомова, А.В. Ксенофонтова Саха сирин Рескомун профсоюһун Почетнай грамотатынан, Л.В. Никифорова, Н.С. Павлова Саха сирин Рескомун профсоюһун Махтал суругунан бэлиэтэннилэр.
Сунтаардааҕы политехническэй лицейтэн С.К. Никитина, Бордоҥ орто оскуолатыттан М.А. Максимов уо.д.а санаа атастаһыытыгар кыттыһан, дьоһуннаах этиилэри киллэрдилэр. Ол курдук, бу “Педагог уонна уһуйааччы» сылыгар учууталлар, иитээччилэр, эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар, оскуолалар, уһуйааннар туох баар бары үлэһиттэригэр хамнастара үрдүүрүн туруорсарга, ыарахан кэмҥэ бэйэ бэйэҕэ көмөлөөх буоларга, туруоруммут сыаллары ситиһэргэ, өссө күүскэ үлэлииргэ санааларын аһаҕастык эттилэр. Пленум түмүгүнэн резолюция ылылынна.
Источник
|