Главная » 2023 » Февраль » 16 » «Уол оҕо тойуга» уонна “Хомуһум хоһуйар дорҕооно”
10:51
«Уол оҕо тойуга» уонна “Хомуһум хоһуйар дорҕооно”

Олунньу 16 күнүгэр Н.М. Родионова аатынан оҕо дьоҕурун сайыннарар киинигэр «Уол оҕо тойуга» улуустааҕы уолаттар күрэхтэрэ уонна “Хомуһум хоһуйар дорҕооно” хомус тардыытыгар саҥа саҕалааччы оҕолорго аналлаах күрэстэр буолан аастылар.

Тэрээһини тэрилтэ салайааччыта Антонова Ангелина Владимировна эҕэрдэ тылын  этэн аста. Салгыы күрэҕи Спиридонова Тамара Николаевна, СЦДТ фольклорга уһуйааччыта, иилээн-саҕалаан ыытта.

Күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр Афанасьева Мария Павловна, СЦДТ фольклорга уһуйааччыта, Ананьева Юлия Михайловна, СЦДТ фольклорга уһуйааччыта, Яковлева Айна Павловна, СЦДТ педагог-организатора уонна Михайлов Олег, “Бэйбэри” куруһуок иитиллээччитэ, Сунтаардааҕы бастакы нуемэрдээх оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ буолан сыаналаатылар.

Тойук күрэҕэр 8 уол кытынна, биирдиилээн 4 уол уонна бөлөҕүнэн 4 уол. Хомуска саҥа саҕалааччылар күрэхтэригэр 12 оҕо кытынна, онтон 10 биирдиилээн уонна 2 бөлөҕүнэн күрэхтэстилэр.

Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтарга Добун сурук уонна анал ааттар туттарылыннылар.

«Уол оҕо тойуга». Орто уонна улахан кылаас үөрэнээччилэригэр:

1 миэстэ - Гоголев Уйгулаан, Кутана орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ;

2 миэстэ - Гоголев Туйгун, Кутана орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.

Алын кылаас үөрэнээччилэригэр

1 миэстэ - Александров Дамир, Кутана орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ;

2 миэстэ - Прокопьев Данил, Элгээйи орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ.

Бөлөҕүнэн толорууга:

1 миэстэ - Кутана орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрин бөлөҕө.

“Хомуһум хоһуйар дорҕооно”. Биирдиилээн толорууга:

1 миэстэ – Алексеева Нелли, Сунтаардааҕы политехническай лицей 5 кылааһын үөрэнээччитэ, СЦДТ «Бэйбэри» фольклорнай куруһуок ;

2 миэстэ – Прокопьев Данил, Элгээйи орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ;

3 миэстэ – Кокарева Нелли, Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ, СЦДТ «Бэйбэри» фольклорнай куруһуок;

“Дьүүллүүр сүбэ анал аата” - Павлова Света, Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ;

“Кэскиллээх хомусчут” анал аат – Иванов Никита-Сандал, Илимниир оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ;

Бөлөһүнэн толорууга:

2 миэстэ – Арыылаах орто оскуолатын 8 кылааһын бөлөҕө.

«Кэскиллээх хомусчуттар” анал аат – Сунтаар коррекционнай оскуолатын 9 кылааһын бөлөҕө.

Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтарга Добун суруктар уонна анал ааттар туттарылыннылар Маҥнайгы үрдэлгэ тахсыбыт кыттааччыларга сыаналаах бэлэхтэр, сахалыы олбохтор, туттарылыннылар. Кыттыыны ылбыт оҕолорго барыларыгар туоһу сурук бэрилиннэ.

    

Юлия Ананьева,

 фольклор куруһуогун салайааччыта

Просмотров: 169 | Добавил: Administrator | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]