Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин «Я – блогер, лайкер, тиктокер” оҕо сайыҥҥы программатыгар13 оҕону педагог Зинаида Афанасьевна Иванова @zinaidaivanova_ дьарыктыыр. Бу программа уратыта элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн иһинэн ыытыллар лааҕырдартан биирдэстэрэ. Оҕолор блогер программаҕа үөрэнэллэрин таһынан дьиэ кэргэнинэн сайыны туһалаахтык атааран үлэлииллэр, сынньаналлар. Блогер диэн аныгы кэм идэлэриттэн биирдэстэрэ. Куйаар ситимин нөҥүө араас ханаалларга (Интсаграм, ютуб, лайк, тикток, фейсбук, вконтакте о.д.а) бэйэлэрин страницаларын арыйаллар. Интэриэһинэй теманы (бэйэтигэр сыһыаннаах, чугас буолуохтаах) дьон истиитигэр-көрүүтүгэр видеонан уонна хаартысканан пост таһаарыахтаах. Блогер элбэх көрөөччүлээх (подписчиктаах) буоларга кыһаллыахтаах, ол инниттэн элбэхтик үлэлиэхтээх, смартфону, фотоаппараты, ноутбугу сатаан туттар буолуохтаах. Приложениелары биэс тарбах курдук билэр, сатыыр буолара ирдэнэр. «7-17 саастаах оҕолор, сиэннэр “Сайыҥҥы каникулга бары бииргэ сынньанабыт, саҥаны билэбит» диэн девиһинэн сиэттэрэн эбээлэригэр Бордоҥҥо, Дьоруой Ийэ Галина Егоровна Петроваҕа мустан үлэ, үөрэх сатабылларын тэҥҥэ дьүөрэлииллэр. Бастатан туран, дьиэ кэргэн бизнеһин саҕалаатылар, оҕолор бары шаурма, кымыс, медовай торт астаан атыылыыллар. Иккиһинэн, бары ыанньыксыт буоларга дьулуһаллар, номнуо биирдии ынаҕы бэйэлэрэ ыыр буоллулар. Сир аһын хомуйуутугар күрэхтэһэллэр, ким иһитэ, мэһэмээнэ бастакынан туолар эбит диэн. Ол түмүгүнэн видео уһуллар, фотосет буолар. “Я блогер” программаларын сорудаҕын толороллор, билиилэрин чиҥэтэллэр,”- диэн педагог Зинаида Афанасьевна кэпсиир. Түргэн туттунуулаах, сатабыллаах, барытын бириэмэтигэр сорудахтарын толорон иһэр үөрэнээччинэн Джулия Иванова буолар. Блогер сайыҥҥы биир күнүн туһунан Джулия @dzhuliyaa_ маннык кэпсиир: «Улахан кыргыттар сарсыарда 7ч30м туран хотоҥҥо ынах ыы тахсаллар, кыралар 9 ч тураллар. Куурусса аһатталар, уу таһаллар, дьиэ хомуйаллар. Күн өрүү-өрүү нуучча тылыгар, математикаҕа эрчиллии буолар. Эбиэт кэннэ хас да хамаанданан сакаастарынан ас астыыбыт. Ким торт оҥорор, ким шаурма астыыр, сорохтор доставкаҕа велосипедынан сылдьаллар. Түөртүүргэ эбээбит ытыйбыт күөрчэҕин сиибит уонна сынньанабыт. Тарбыйахтары киэһэ 7 ч. хотоҥҥо баайталыыбыт, 8ч30м киэһээҥи ыам саҕаланар. Утуйуохпут иннинэ уруһуйдуубут, видеоҕа устабыт, велосипедка хатааһылыыбыт». «Бэс ыйа –бээтинсэ, от ыйа-субуота, атырдьах ыйа-өрөбүл” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сайыммыт барахсан нэдиэлэ үс күнүн курдук кылгас, күүтүүлээх. Атырдьах ыйыгар оҕолорго анаммыт программалар салгыы ыытыллыахтара.
|