Главная » 2023 » Июнь » 8 » «Дебют-2023» сайыҥҥы лааҕыр
03:42
«Дебют-2023» сайыҥҥы лааҕыр

Бэс ыйын 5-25 күннэригэр оҕону чэбдигирдэр, үөрэтэр, сынньатар сыаллаах «Дебют-2023» сайыҥҥы лааҕыр бэйэтин үлэтин саҕалаата. Лааҕыр начальнига Юлия Михайловна Ананьева. “Огурчики”, “Белая ладья” (хамандыыр Петрова Күннэй), “Мамонтенок” (баһаатай Михайлова Каролина), “ДРК-робототехника” (хамандыыр Тимирхан И) этэрээттэригэр барыта 40 оҕо самаан сайыны 21 күн бииргэ, туһалаахтык атаарыахтара. 
Оҕолорго анаан лааҕырга билсиһии күнэ, Пушкиниада, Сибэкки күнэ, тулалыыр эйгэ, Океан, айар үлэ, чөл олох, идэҕэ туһаайыллыбыт интэриэһинэй күннэр былааннаммыттар. Модун Арассыыйа күнүн уонна Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит, Саха сиригэр Үлэ, Сунтаар улууһугар Төрөөбүт төрүт тыл сылларыгар анаан ыытыллар «ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ЫТЫК КҮНЭ - СУНТААР УЙГУЛААХ ЫҺЫАҔА" тэрээһиннэригэр көхтөөх кыттыыны ылыахтара.  

     $IMAGE7$
Айна Яковлева

Просмотров: 154 | Добавил: Administrator | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]