Сыл аайы алтынньы 9 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы ааҕыы күнэ ыытыллар. 2007 сыллаахха сэтинньи 24 күнүгэр национальнай ааҕыы бырагырааммата ылыныллан аан бастаан олоххо киирбитэ. Бу бэлиэ күн дойду үрдүнэн ааҕыыга, кинигэҕэ уһуйуллар, интэриэһи тардар араас таһымнаах тэрээһиннэр буолаллар. Сүрүн сыала – Арассыыйа саамай ааҕар дойду буоларын ситиһии. Онон сиэттэрэн Сунтаардааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ уонна Сунтаар улууһун үөрэҕириитин саламтата“Ааҕар Сунтаар” бырайыак чэрчитинэн Араассыыйаҕа «Учуутал уонна Уһуйааччы”, Сунтаар улууһугар “Төрөөбүт төрүт тыл” сылыгар аналлаах учуутал туһунан саха классик уонна билиҥҥи кэм суруйааччыларын айымньыларынан дорҕоонноохтук “МИН САХАЛЫЫ ААҔАБЫН” улуустааҕы аахсыйа ыыттылар. Киэн туттар суруйааччыларбыт айымньылары
...
Читать дальше »