09:03 "Наследники Победы" | |
Томороон тымныылаах тохсунньу ый тиһэх күннэрэ үтүө түгэннэртэн сылыйбыкка, уораана сымнаабыкка дылы буолла. Н.М.Родионова аатынан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин 2020 - Сүгүрүйүү уонна Үйэтитии сылын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ сыл устата ыыппыт "Наследники Победы" бырайыагынан бочуоттаах бастакы миэстэни ылла. Бырайыакка кыттыбыт педагогтарбыт, салайааччыбыт Кыайыы 75 сылын үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Улууспут салалтата, дьоно-сэргэтэ үлэбитин үрдүктүк сыаналаабыта, биһирэбилин эппитэ коллективы үрдүккэ кынаттыыр, саҥа саҕахтары арыйарга кыах биэрэр. 2021 -Үтүөнү үксэтээччи, волонтер сылыгар бииргэ үлэлииргэ, киэҥник хардыылыырга бэлэммит. | |
|
Всего комментариев: 0 | |