Главная » 2023 » Октябрь » 10 » ПЕДАГОГИЧЕСКАЙ ДЕКАДА
05:58
ПЕДАГОГИЧЕСКАЙ ДЕКАДА

ПЕДАГОГИЧЕСКАЙ ДЕКАДА

Н.М.Родионова аатынан Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин иһинэн Учуутал күнүгэр аналлаах “Педагогическай декада” олус уратытык, иһирэхтик тэриллэн ыытылынна. “Учуутал идэтэ” кинигэ быыстапката, “Мин таптыыр дьарыгым “ СЦДТ үлэһиттэрин айар дьоҕурдарын, иллэҥ кэмнэригэр сөбүлүүр дьарыктарын быыстапката,  “Учууталгар махталыҥ – Кини аатын үйэтитии” аахсыйа, “Араас өҥнөөх нэдиэлэ», Саҥа үлэһиттэри чиэстээһин, выпускниктар эҕэрдэлэрэ, «Ааҕар Саха сирэ” ааҕыы күнүгэр аналлаах Учуутал туһунан айымньылары, ахтыылары дорҕоонноохтук ааҕыы аахсыйата киэҥ сэҥээриини ылла.

“Учууталгар махталыҥ – Кини аатын үйэтитии” аахсыйа

«Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит сылын чэрчитинэн ыытыллар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр педагогическай декада уонна Учуутал күнүгэр аналлаах «Учууталга махталыҥ – кини аатын үйэтитии” аахсыйа алтынньы 2-6 күннэригэр Сунтаар улууһугар ыытылынна.

Аахсыйа 2022 сыллаахха ыытыллыбытын түмүгүнэн Сунтаар улууһугар араас кэмнэргэ үлэлии сылдьыбыт 102 учуутал аата “Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ” киирбитэ.

Быйылгы аахсыйа уратытынан Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин волонтердара улуус нэһилиэктэринэн сырыттылар. Нэдиэлэ устата Элгээйи, Күндэйэ, Кэмпэндээйи, Устье, Бордоҥ, Илимниир, Бүлүүчээн, Наахара, Кириэстээх, Куокуну нэһилиэктэрин оскуолаларыгар үлэлээбит учууталлар ааттарын "Сахалыы Бикипиэдьийэ" сетевой энциклопедияҕа киллэрээһиҥҥэ анаммыт эппиэтинэстээх дьону кытта үлэлэстилэр. Билигин хомуллубут матырыйааллары техническэй ирдэбиллэри тутуһан интэриниэт ситимигэр угааһын үлэтэ бара турар”, - диэн аахсыйаны сүрүннээччи педагог Надежда Потапова иһитиннэрэр.

Бу улахан суолталаах аахсыйаны нэһилиэктэргэ ыытарбытыгар айаммытын тэрийэн күүс-көмө буолбут улуустааҕы ыччат салаатын начальнигар Трофим Ивановка истиҥник махтанабыт.

 

“Мин таптыыр дьарыгым“

Эбии үөрэхтээһин педагога  иллэҥ кэмигэр айар талаанын уһугуннаран иистэнэр, уруһуйдуур, араас дойдуларынан айанныыр, арааһы мунньар дьарыктааҕын «Мин таптыыр дьарыгым” быыстапканы көрбүт эрэ барыта өйдүөҕэ.

Быыстапканы көҕүлээн тэрийбит педагог Вера Зоммер этэринэн барыта 19 педагог кыттыыны ылла. Алмазнай мозаика, быысапка, уруһуй, пэчворк, кыбытык тигии, иис арааһа, кумааҕынан өрүллүбүт корзиналар, сувенирдар, музыкальнай үнстүрүмүөннэр, араас дойду куукула сувенирдара, бытархай харчылара, дьэдьэн ойуулаах иһит-хомуос, блокноттар, духи флаконнара о.д.а. оҕо дьоҕурун сайыннарар кииҥҥэ нэдиэлэ устата турда.

Бу сигэни баттаан «Аргыс” оҕо видео устуудьуйатын үөрэнээччилэрэ (педагог Л.С.Ларионова) устубут тэттик биэриилэрин сэргээн көрөөрүҥ.

https://youtu.be/QVveRXNeadA

 

Эҕэрдэ, Эйиэхэ - Учуутал!

     Араас сылларга бүтэрбит күндү үөрэнээччилэрбит Санкт-Петербургтан Тимофей Николаев, Владивостоктан Владислав Иванов, Дьокуускайтан Дарима Антонова, Дархан Афанасьев, Бүлүүттэн Дайаана Саввинова Учуутал күнүнэн ыыппыт видео эҕэрдэлэрин үөрэ-көтө көрдүбүт. Устудьуоннар үөрэхтэриттэн быыс булан үөрэнэр куораттарын кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин устан, кэпсээн ыыппыттар. Оҕолорбут мөссүөннэрин көрөн, саҥаларын истэн сүрэхтиин манньыйдыбыт, санаалыын астынныбыт.

https://youtu.be/l9u6KNUGZac

 

Сүрэхтэнии

2023-2024 үөрэх дьылыгар саҥа үлэлии кэлбит педагогтары Августина Попованы, Мария Егорованы  кытта ыкса билсиһиини Галина Лидочен ыытта. Августина Николаевна эбии үөрэхтээһин педагогунан, Мария Афанасьевна РДДМ ыччат хамсааһынын тэрийээччи педагогунан үлэлиэхтэрэ.

 

“Араас өҥнөөх нэдиэлэ»

Бэнидиэнньик – “Аалай баарыс” кыһыл, оптуорунньук – хара-маҥан өҥнөр күннэрэ, сэрэдэ - күн сылаас сардаҥата - араҕас, чэппиэр – от күөҕэ өҥ, бээтинсэ – килэбэчигэс күн биллэриллэн этиллибит өҥнөрүнэн таҥнан-саптан, аксессуардары иилинэн анал фотозонаҕа хаартыскаҕа түһүү тэрилиннэ.

 

«Ааҕар Саха сирэ”

Ааҕыы күнүгэр аналлаах «Ааҕар Саха сирэ” Учуутал туһунан айымньылары, ахтыылары дорҕоонноохтук ааҕыы аахсыйатыгар көхтөөхтүк кытынныбыт. Иван Гоголев-Кындыл хоһооно, Николай Габышев “Дьиҥнээх учуутал” кэпсээнэ, “Норуот учуутала Михаил Алексеев” (1-2 томнара), “Учуутал, уһуйааччы, тойуксут” (Е.М.Николаев туһунан), «Ахтабыт, саныыбыт...” (М.И.Герасимов туһунан), «Муударай салайааччы киһи кэрэмэһэ” (Н.М.Родионова туһунан), “САССР 100 сылынан - 100 хоһоон” Валериан Николаев, «Билии, сайдыы кыһата – Кутана орто оскуолата”, “Дьиэ кэргэн – иитэр кыһа” кинигэлэртэн быһа тардан аахтыбыт. Итиэннэ саха тыла муҥура суох баайын, киһини умсугутар күүстээҕин өссө төгүл итэҕэйдибит.

https://youtu.be/2ufzAx_smsY 

 

"Учууталлар дьоллоох дьон,

дьону дьоллууртан ордук дьол суох.... "

 (Амма Аччыгыйа)

 

Айна Яковлева

Категория: Новости | Просмотров: 120 | Добавил: Administrator | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]