Хомус күнүн биһиги республикабыт анаан бэлиэтиир буолбута быйыл ахсыс сыла. Ол чэрчитинэн, улуустарга ыллыыр чыычаахтаах саха хомуһун тула араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.
XXI үйэ биир дьикти феномена саха хомуһа буолла диэн тас дойдуларга тиийэ култуура сонуна кэпсиир, бэл диэтэр, үөрэх-билим эйгэтэ билинэр буолла. Ол тухары, саха этигэн хомуһун сүрэҕи сүүдүтэр дьүрүскэн тыаһа аан дойдуга тарҕаан олорор биһиэхэ уруулуу тыллаах, майгыннаһар этнокултууралаах араас норуоттар муусукаларын түһүлгэтигэр, өрөспүүбүлүкэ ыытар улахан тэрээһиннэригэр норуотта
...
Читать дальше »