ДУОБАТ-СААХЫМАТ СПОРДУН СОНУННАРА
Тохсунньу 25 күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киинҥҥэ үөрэнээччилэр комплекснай Спартакиадаларын чэрчитинэн оҕолорго хамаанданан бастыыр иһин саахымакка күрэхтэһии буолан ааста. Күрэхтэһиигэ Күүкэйтэн, Аллыҥаттан, Түбэйтэн, Тойбохойтон, Түбэй-Дьаархантан, Элгээйиттэн, Кутанаттан, Сунтаартан (политехническай лицей, ССОШ-1, ССОШ-2, гимназия) барыта 11 хамаанда кытынна. Спортсменнары улуустааҕы саахымат Федерациятын кылаабынай тренерэ, Элгээйи нэһилиэгин баһылыга Павел Анатольевич Григорьев, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын методическай салаатын сүрүннүүр специалиһа Саргылаана Николаевна Саввинова итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр.
«Улахан кылаас оҕолоругар 11 хамаанда кыттыбытыттан 100-тэн тахса оҕолоох оскуолаларга I миэстэ
...
Читать дальше »